top of page
Поиск
УКиДР

«Эһээ Дьылга эҕэрдэ хоһоонум»



«Эһээ Дьылга эҕэрдэ хоһоонум» куйаар ситиминэн ыытыллар алын кылаас оскуола үөрэнээччилэригэр уонна оскуолаҕа киириэн

иннинээҕи саастаах оҕолорго хоһоон ааҕыытыгар күрэс балаһыанньата:


1. Тэрийээччилэр:

- “Дьокуускай куорат” Куораттааҕы Уокуругун “Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ» МБТ;

- Дьокуускай куораттааҕы «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ.

2. Ыытыллар кэмэ: сайаапкалары 2021 сыл, ахсынньы 3 - 19 күнүгэр 12.00 чааска диэри тутабыт, түмүк ахсынньы 21 күнүгэр тахсар.

3. Буолар сирэ: archy_jiete_konkurs инстаграм сирэйэ.

4. Сыала –соруга:

- Сахалыы эйгэни кэҥэтии;

- Саха тылын уус-уран баайын көрдөрүү;

- Төрөөбүт тылга тапталы иитии.

5. Кыттааччылар: Күрэскэ алын кылаас оскуола үөрэнээччилэрэ уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор кытталлар.

6. Күрэскэ кыттыы ирдэбилэ:

- Саҥа Дьыл тематыгар аналлаах хоһоону биирдиилээн толоруу эбэтэр бөлөҕүнэн толоруу;

- Аахпыт хоһооннорун видеоҕа устан archy_jiete@mail.ru электроннай аадырыска эбэтэр ватсап нөҥүө 89142272731 (Дария Михайловна) нүөмэргэ ахсынньы 19 күнүгэр, 12.00 чааска диэри ыытаҕыт.

- Сайаапкаҕа хоһоон аата, ааптара, кыттааччы аата, сааһа, хантан сылдьара, салайааччытын толору аата, төлөпүөнүн нүөмэрэ ыйыллар.

- Күрэскэ биирдии кыттааччыттан 100 солк. Усунуостаах, бөлөхтөн биирдии киһиттэн 50 солк.

7. Сыаналыыр кэриҥнэрэ:

- Айымньы ис хоһоонун истээччигэ тиэрдиитэ;

- Уус-уран ааҕыыны толоруу маастарыстыбата (дикцията, куолас эгэлгэтэ, толоруу иэйиитэ);

- Сценическай култуура;

- Музыканан, искусство атын көрүҥүнэн доҕуһуол, саҥа технологияны туһаныахха сөп.

8. Сыаналааһын 3 бөлөҕүнэн ыытыллар:

- 3 – 4 диэри саастаахтарга;

- 5 – 6 диэри саастаахтарга;

- 3 бөлөх: алын кылаас сүһүөх оҕолоро.

- 9. Күрэс түмүгүн таһаарыы, биһирэбил:

Түмүк ахсынньы 19 күнүгэр archy_jiete_konkurs инстаграм сирэйигэр тахсар.

Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарыллар. Кыайыылаахтарга I, II, III Үрдэллэр, I, II, III Үктэллэр ананыахтара, анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ.



6 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

Comments


bottom of page