· Тэрийээччилэр: Дьокуускай куорат “Уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинэ” МБТ, Дьокуускайдааҕы “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ.
· Ыытыллар кэмэ : Ахсынньы 4 -19күнүгэр диэри;
· Тумук: Ахсынньы 21 күнүгэр
Сыала- соруга:
- Ааспыт историяны үйэтитии, харыстааһын;
-Дьарыктаах буолууну көҕүлээһин;
- Айымньылаах сыһыаны иитии;
-Сонун айымньыны , саҥа ааттары көрдөөһун.
Ирдэбилэ:
Күөн күрэскэ кыттыыга сааһыттан хааччахтаммат.
Күөн күрэс икки хайысханнан барар:
- Ааспыт кэм оонньуурдарын биир оонньууртан сыаллаан хас да оонньууру хаартыскаҕа түһэрэн, ис хоһоонун суруйан ыытаҕыт.
- Билиҥҥи кэмҥэ бэйэ оҥорбут оонньуурун туох матыпыйаалтан, туох ис хоһоонноон оҥоһуллубутун суруйан ыытаҕыт.
Күөн күрэскэ кыттыыга киирии: 100 солк.
Сайаапкаҕа кыттааччы аатын, сааһын, хантан сылдьарын булгуччу суруйан 89142719343 ватсап нүөмэригэр ахсынньы 19 күнүгэр диэри ыытар.
Кыайыылаахтарга 1,2,3 үрдэл, 1,2,3 үктэл, анал ааттар иҥэриллэллэр.
Comments