top of page
Поиск
УКиДР

«Аптаах абылаҥ» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар «Саҥа дьыллааҕы көстүүм» күрэс БАЛАЬЫАННЬАТА




Ыытыллар кэмэ: сайаапкалары 2021 с., ахсынньы 03-20 күнүгэр 12.00 чааска диэри тутабыт. Түмүк ахсынньы 22 күнүгэр тахсар.

Буолар ситимэ: @archy_jiete инстаграм сирэйэ

Тэрийээччилэр:

«Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ» МБТ

«Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ.


Күрэс сыала- соруга:

- айар дьоҕурдарын сайыннарыы, айымньылаахтык толкуйдааһын, саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктааҕы үөрүү-көтүү эйгэтин дьиэ кэргэҥҥэ оҥоруу, үгэскэ кубулутуу;

- оҕолор уонна улахан дьон бэйэлэрэ айбыт саҥа дьыллааҕы көстүүмнэрин оҥорбуттарын өйөөһүн уонна сырдатыы.

Кыттааччылар:

Күөн күрэскэ кыттыы сааһыттан хааччаҕа суох.

Ирдэбилэ:

- Саҥа дьыллааҕы маскарааднай көстүүм бэйэ илиитинэн оцоһуллубут буолуохтаах (маҕаһыынтан ылыллыбыт көстүүмнэр кыттыбаттар, ол гынан баран ханнык эмит көстүүм деталлара маҕаһыынтан ылыллыахтарын сөп).

- Күрэскэ кыттар көстүүмнэр ханнык баҕарар матырыйаалтан оҥоһуллубут буолуохтарын сөп.

Кыттааччылар көстүүмнэрин сыаналааһын:

Саҥа дьыллааҕы көстүүм тас көстүүтэ уратытын бэлиэтээһин, күрэс ирдэбилигэр сөп тубэһэр буолуохтаах.

Кыттыы төлөбүрэ:

Күрэскэ кыттыы 100 солкуобай усунуостаах.

Дьүүллүүр сүбэҕэ норуот талааннаахтара, саха төрүт култууратын уонна фольклорун идэтийбит уһуйааччылара үлэлиэхтэрэ.


Кыайыылаахтары быһаарыы:

Кыайыылаахтарга саастарынан бөлөххө арааран 1,2,3 үрдэл, анал ааттар ананыахтара.

Хос быһаарыы:

Сайаапкалар ахсынньы 20 күнүгэр 12.00 чааска диэри тутабыт.

Түмүк ахсынньы 22 күнугэр тахсар.


Кыттааччы сайаапкаҕа толору аатын, сааһын, хантан сылдьарын, (салайааччытын аатын), көстүүмүн аатын, электроннай аадырыьын суруйан 89241666131 (Анастасия Гаврильевна) бассаап нүөмэригэр ахсынньы 20 күнүгэр диэри уонна кыттыы иһин төлөбүрүн Сбербанк-онлайн нөҥүө бу нүөмэргэ ыытар.


Тэрийэр бөлөх



2 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

Comments


bottom of page